22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хаҥалас улууһун сайыннарыы тосхолугар олохтоох дьон санаата, кыттыыта улахан суолталаах

Хаартыска: Хаҥалас хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйылгы сылга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама чэрчитинэн Хаҥалас улууһугар барыта 61 мөл. солк. суумалаах 19 бырайыак олоххо киириэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, тустаах тосхол өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 сылтан үлэлиир, онтон ыла улууспут нэһилиэктэрэ көхтөөх кыттыыны ылаллар, олорор түөлбэлэрэ тупсарыгар, сайдарыгар нэһилиэнньэ бүттүүнэ күүһүн түмэр.

Бу сыллар усталарыгар нэһилиэнньэ, сүнньүнэн, иһэр ууну хааччыйыыны, уот, сылаас, күөх төлөн киирэрин, сайыҥҥы уу ситимин тардыыны туруорсар. Аны туран, дьон-сэргэ сынньанар сирин, биллэр-көстөр биир дойдулаахтарын үйэтитиигэ анаан сквердары туттараллар.

Холобура, быйыл 1-кы Дьөппөн нэһилиэгин дьаһалтата Тиит Эбэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар анаммыт пааматынньык турар сирин тупсарыыга туһуламмыт бырайыактарынан кыайыылаах таҕыста. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Лилия Самсонова иһитиннэрбитинэн, бырайыак суумата 3 мөл. солкуобай, онтон 2 мөлүйүөнэ субсидия харчыта, 500 тыһ. солкуобайы спонсордар уйунуохтара, 400 тыһ. солкуобай олохтоох бүддьүөттэн көрүллэр итиэннэ олохтоохтор 100 тыһ. солкуобайы кыттыһыахтара. Тупсарыы үлэтигэр пааматынньык турар сирин-уотун сырдатыы, күрүө тутуута, билиитэ уурааһын былааннанар.

Оттон 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгэ бу сылга сайыҥҥы уу ситимин тардыы иккис түһүмэҕин ыытаары оҥостор.
— Биһиги бырайыакпыт бастакы түһүмэҕэр 36 км уһуннаах траншея хаһыллыбыта, үс емкость, насоснай ыстаансыйа туруоруллан сүрүн үс магистрал тардыллан бэлэм буолбута, онно дэриэбинэбит улахан аҥарын холбообуппут. Быйыл иккис түһүмэххэ салгыы 3 мөл. солкуобай суммалаах үлэни тэрийэр былааннаахпыт. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөл. солкуобай кэлиэ, 400 тыһ. солкуобайы спонсордар уонна 200-һү нэһилиэнньэ кыттыһыа, олохтоох бүддьүөттэн 400 тыһ. тыырыллыа, онон өссө 50-ча дьиэҕэ сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыаҕа. Нэһилиэнньэбит маннык уопсай дьыалаттан хаһан да туора турбат, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска ыытыллар араас күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттаммыт олорор усулуобуйабытын, тулалыыр эйгэбитин тупсарабыт, үлэбитин биир сүбэнэн тэрийэбит, — диэн 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева кылгастык кэпсээтэ.


Бу курдук бэйэни салайыныы боппуруостарыгар олохтоох дьон санаата, кыттыыта улахан суолталааҕа өссө төгүл бигэргэтилиннэ.

Ольга Гермогенова, «Хаҥалас» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА