Тааттаҕа олорор хаартыскаҕа түһэрээччи Галина Давыдова «Ый кыыһа» хаартыскатын бэйэтин Instagram-ыгар таһаарда. Сахалыы остуоруйа матыыбыгар олоҕуран оҥоһуллубут дьүһүйүүнү дьон сэҥээрдэ.
«Биир томороон тымныы киэһэҕэ Саатыыр диэн ааттаах кыыс сордоох-муҥнаах олоҕуттан уонна кииринньэҥ ийэтиттэн куотарга санаммыт. Ый кыыс куруутун түүннэри үлэлиирин көрөн аһыммыт. Үрүҥ көмүс кирилиэһи түһэрэн, кыыһы бэйэтигэр ылбыт», — диэн ааптар бэлиэтээтэ.
Бары билэрбит курдук, онтон ыла ыйга кыыс оргуһуохтаах ыаҕаһын сүкпүтүнэн турар иччи буолбута үһү.
Санатар буоллахха, хаартыскаҕа түһэрээччи инники таҥхаҕа анаммыт дьикти алыптаах хаартыскалары оҥорбута.