22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Федор Охлопков геройдуу быһыытын туһунан «Лента.ру» бырайыагар

13:01, 13 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Лента.ру» Арассыыйатааҕы сонуннар саайтара «Улуу Кыайыы» бырайыагар биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, снайпер Федор Охлопков туһунан кэпсиир. Бырайыакка сэттэ дьоруой киирбит. Кинилэр нөҥүө дойду норуоттарын геройдуу быһыылара ойууланар.   


Разведчик Михаил Доможаковы, лүөччүк Михаила Плоткины, бартыһаан Александр Германы, кавалерист Хансултан Дачиевы, пехотинец Батор Басановы уонна лүөччүк Амет-Хан-Султаны кытары анал бырайыакка саха снайпера, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков аата киирбит.

«Ыраах Саха сирин түҥ тайҕатын булчута ынырыктаах Ржев кыргыһыытыттан тыыннаах ордубут. Ньиэмэс снайпердарын кытары киирсиилэрин иһин кинини «Сыыһата суох сержант» (Сержант без промаха) диэн ааттаабыттара. Аатырбыт ытааччы сэрии кэннэ төрөөбүт дойдутугар колхуоска үлэлээбит, ол эрэн кини аатын Кыайыы буолбута 20 сыл кэннэ дойду дьоно бары билбиттэрэ, оттон үбүлүөйүнэн кинини генераллар итиэннэ маршаллар эҕэрдэлииллэрэ«, — диэн Федор Охлопков туһунан lenta.ru «Улуу Кыайыы» анал бырайыагар суруллубут.

Федор Охлопков 1942 сыл алтынньы ыйыттан 179-с дивизия 234-с стрелковай полкатын снайперынан сулууспалаабыт. 1944 сыл тохсунньу ыйыттан 1-кы Прибалтийскай фронт 43-с Армиятын 179-с дивизиятын 259-с стрелковай полкатын снайпердар салааларын хамандыырынан сулууспатын салҕаабыт.

1944 сыл бэс ыйыгар Охлопков снайпер винтовкатыттан 429 гитлер саллаата уонна офицера өлбүт. Бэйэтэ 12 төгүл бааһырбыт.

1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Москва Кыһыл болуоссатыгар буолбут Кыайыы Парадыгар кыттыыны ылбыт.

Федор Матвеевич Охлопков геройдуу быһыытын туһунан сиһилии манна ааҕыахха сөп:

https://pobeda75.lenta.ru/legends#ohlopkov

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА