23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри төгүрүк сыл эргиччи сырыы олохтонуо

15:51, 05 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэлэр 10 сыл иһигэр Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри айан суолунан төгүрүк сыл устата тохтоло суох сырыы олохтонуо. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Саха сирэ, иннин диэки!» («Якутия, вперед!») биэриигэ кэпсээтэ.


Сыалы ситиһэргэ Саха сиригэр саҥа муосталары тутуу төрүөт буолуо. Марха өрүһү туоруур муоста аһыллыыта Ньурба улууһун уонна Бүлүү бөлөх улуустарын сайдыытыгар улахан суолталаах буолла.

«Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри айан суолунан төгүрүк сыл устата быыстала суох сырыы олохтонуута утумнаахтык олоххо киирэн иһэрин көрөбүт», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

2020 сылга Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын силбиһиилэригэр баар Түүкээн өрүһү туоруур уонна Мииринэй улууһугар Аччыгый Ботуобуйа өрүһү туоруур муосталар үлэҕэ киириэхтэрэ.

Маны тэҥэ 2020 сылга Бүлүү өрүһү уҥуордуур түөрт муоста бырайыактааһына саҕаланыаҕа. Саамай улахан 20 миллиард солкуобай үбүлээһиннээх муоста Үөһээ Бүлүү улууһугар тутуллуо. Бу муоста уһуна балтараа килэмиэтир уонна киирии суоллара 20 килэмиэтир кэриҥэ усталаах буолуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА