Дьокуускайга Ленин болуоссатын өрөмүөнүнэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ сүрүн саҥа дьыллааҕы харыйатын туруорар миэстэни талаллар. Быйыл конструкцияны саҥардыахтара, диэн эппитин эксплуатационнай-техническэй хааччыйыы сулууспатын дириэктэрэ Дмитрий Семенов иһитиннэрдэ.
«Эргэ харыйа алдьанан, туһаттан тахсыбыт. Саҥа харыйа дьиҥнээх маска маарынныыр, лаглаҕар буолуоҕа. Бу харыйаны биһиги сайын атыыласпыппыт. Харыйа туруорааһына, үгэс быһыытынан, сэтинньи үһүс нэдиэлэтигэр саҕаланар, ол эрээри Ленин болуоссатын өрөмүөн буола турар буолан, харыйаны туруорар сири тала сылдьабыт. Болдьохпут чугаһаатар чугаһаан иһэр, билигин хас да варианнары көрдүбүт. Харыйабыт эргимтэтэ 10 миэтэрэ, онон биһиги хас биирдии миэстэни рулетканы тута сылдьан кээмэйдиибит», — диэн Семенов кэпсээтэ.