Историческай парк өрөспүүбүлүкэ култууратыгар улахан суолталаах. Култуурунай-сырдатар кииннэртэн биирдэстэринэн буолла.
«Россия – Моя история» дьиэтигэр федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһаллар ыытыллаллар, ол иһигэр Саха АССР 100 сылыгар анаммыттар, суруйар СИА.
Манна история чахчылара, биллэр дьон проекция уонна сыһыарыы көмөтүнэн «тыыннаналлар». Историяны үөрэтиигэ цифровой конструкциялар, анимациялар, интерактивнай оонньуулар көмөлөһөллөр.
«Историческай парка арыллыаҕыттан 430 тыһ тахса киһи интерактивнай музейга сырытта», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников.
Кини парка эбии 70 мөл солк суумалаах саҥа оборудованиенан хааччылларын эттэ.
Хаартыска Марии Васильевой, СИА