23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьокуускайга коллекционердар дьаарбаҥкалара буолуоҕа

17:01, 19 марта
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Значоктар, мааркалар, кэмбиэрдэр, маннььыаттар, банкноттар, кинигэлэр, былыргы мал-сал уонна да атыны мунньар дьоҥҥо анаан кулун тутар 23 күнүгэр дьаарбаҥка буолар.

«Кружало» атыы эрээттэригэр коллекционердар улахан дьаарбаҥкалара ыытыллар. Маннык тэрээһин хаһыс да сылын буолар, былаһаакката уларыйа сылдьар.

Дьаарбаҥкаҕа наадыйаргын булуоххун сөп, атастаһыахха, бэлэхтиэххэ, билиэххэ, хайдах коллекциялары харыстыыр туһунан уопут атастаһыахха, дьиэ кэргэн сыаннастарын историятын билиэххэ сөп.

«Эһиги тугу эрэ коллекциялыыр буоллаххытына — аҕалыҥ. Уопуттаах экспердэр малгыт сыанатын уонна сыаннаһын көрөн биэриэхтэрэ», — диэтилэр тэрийээччилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар