Дьокуускайга элбэх хайысхалаах дьиэ кэргэн киинэ арыллыаҕа. Ол туһунан үлэ миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова эттэ.
«Бу элбэх хайысхалаах тэрилтэ. «Биир түннүк бириинсибинэн дьиэ кэргэттэргэ биир кэлим социальнай көмө оҥоруоҕа. Сыл саҥатыгар Чурапчыга бастакы киин арыллыбыта, Уһук Илиҥҥэ — иккис. Маннык киин аны Дьокуускайга үлэлиэҕэ», — диэтэ Елена Теплякова.
Кииҥҥэ үс отделение баар буолуоҕа: оҕолоох дьиэ кэргэттэри бастаан көрсүү, экстреннай психологическай көмө уонна экстреннай болҕомто ууруутун отделениета, социальнай өҥөнү уонна социальнай кэтээн көрүү отделениета.