Дьокуускайга маршрутнай оптуобустар 2023 сылга 40-ча мөлүйүөн пассажиры таспыттар. Үлэ кыраапыгын «СоюзАвто» 77%, МУП ЯПАК 99% толорбуттар.
Маннык иһитиннэрии тохсунньу 9 күнүгэр куорат дьаһалтатын мунньаҕар этилиннэ. 2024 сыл бастакы нэдиэлэтигэр уопсастыбаннай тырааныспар 30 тыһыынча пассажиры таста.
Санаттахха, Дьокуускайга оптуобуска айан иһин төлөбүр утары харчытыгар 50 солк буолуон сөп. Маннык этиини чааһынай таһааччылар эттилэр.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев эппитинэн, маннык быһаарыы оптуобуска айан иһин төлөбүр тырааныспар каартатынан уонна да атын утары харчынан буолбакка оҥоһуллар көрүҥнэргэ тириэрдиэ.