27 От ыйа 27.07
  • 20°
  • $ 85,57
  • 93,26

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьыахтара

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан «Саха сирин паромнара» хампаанньа дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрэр.

«Паромнар ыам ыйын 23-25 күннэриттэн сылдьан саҕалыахтара диэн эрдэ иһитиннэрбиппит. Билигин Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгэр Аллараа Бэстээх диэки муус баар. Өлүөхүмэ диэки уонна атын өрүстэргэ муус хаайтарыыта уу суудуналара сылдьалларыгар кутталы үөскэтэр. Бу нэдиэлэҕэ өрүскэ ыйынньыктары туруорар флот тахсыаҕа. Причаллары оҥорууга үлэ барыахтаах. Оттон паромщиктар үлэлииргэ бэлэмнэр», — диир Николай Ефимов, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА