22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускай аэропордугар саҥардылла турар көтөр-түһэр балаһа бэлэмэ 60 % куоһарда

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай аэропордун көтөр-түһэр балаһатын бэлэмэ 62% буолла. 1628 миэтэрэ уһуннаах учаастагы саҥардааһын уонна сырдатар оборудованиены туруоруу салҕанан бара турар, диэн «Ространсмодернизация» пресс- сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Аэропорт үлэтэ түмүктэммитин кэннэ сылы эргиччи уонна түүннэри-күнүстэри улахан сөмөлүөттэри көтүтэр-түһэрэр кыахтаныаҕа диэн бэлиэтииллэр.

Ол курдук, бэс ыйыгар 175 миэтэрэ уһуннаах балаһа учаастагын үлэҕэ киллэрбиттэрэ, ол кэнниттэн балһа уһуна 1650 миэтэрэттэн 1800 миэтэрэҕэ диэри улаатта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА