Бу күннэргэ «Чолбон» сурунаал 90 сыллаах үбүлүөйүнэн Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин «Казан утлары» сурунаалын сүрүн эрэдээктэрэ Илфак Ибрагимовтан итии-истиҥ эҕэрдэ тыллардаах суругу туттубут. Илфак Мирзаевич «Эһиги сурунаалгыт инникитин да саха литературата уонна обществота сайдарыгар эрэллээх тирэх буолуоҕа!» диэн тоһоҕолоон эппитэ кэрэхсэбиллээх.
Итини сэргэ, өссө биир үөрүүлээх сурах кэллэ. Татарстан кинигэтин кыһата Саха норуодунай суруйааччыларын: Далан «Кэриэн ымыйа» кэпсээннэрин хомуурунньугун уонна Иван Мигалкин «Оһуор, ойуу оҥоойук» диэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго кинигэтин татаардыы тылбаастаан таһаарбыттар.
Биллэрин курдук, Василий Семенович Яковлев-Далан биһиги сурунаалбытыгар өр кэмҥэ проза салаатыгар, кэлин сүрүн эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Дириҥник ытыктыыр киһибит кинигэтэ татаар тылынан тылбаастаммыта «Чолбон» сурунаал 90 сыллаах үбүлүөйүгэр биир кэрэ бэлэҕинэн буолла. Ити туһунан саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин:
— Далан биһикки айымньыларбыт татаардыы тылбаастаммытыттан үөрдүм уонна киэн тутта санаатым. Инникитин да, саха суруйааччыларын айымньылара Татарстан дьонугар-сэргэтигэр киэҥник тылбаастанан иһиэҕэр эрэнэбин, — диэтэ.