26 Муус устар 26.04
  • -6°
  • $ 92,13
  • 98,71

Дьааҥы Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр

09:37, 23 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥыга бу күннэргэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үгэнэ. Ону кытта тэҥҥэ волонтёрдар үөрэхтэрэ саҕаланна.


Баатаҕай бөһүөлэгэр, нэһилиэктэргэ үлэлиэхтээх волонтёрдары үөрэтии саҕаланна. Үлэ саҕаламмытын, волонтёр тугу билиэхтээҕин туһунан үөрэҕи ыытыы туһунан история учуутала М.А. Стручкова иһитиннэрдэ. «Бэс ыйын алтыс күнүттэн сүүрбэ түөрт миэстэлээх волонтёр лааҕыра Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэлиир. Лааҕырга үксүн ахсыс, тохсус кылаас оҕолоро сылдьаллар. Волонтёр үлэтин сыала-соруга ыһыахха ыалдьыттары көрсүү буолар. Ол чэрчитинэн, бу эппиэтинэскэ сылдьар хас биирдии оҕо дойдутун историятын, киэн туттар дьоннорун туһунан билиэхтээх, үөрэтиэхтээх. Оҕолор бэс ыйын уон бэһис күнүттэн от ыйын бэһис күнүгэр диэри үлэлииллэрэ былааннанар«, — диэтэ кини.

Волонтёр оҕо сарсыарда тоҕус чаастан үөрэниигэ кэлэр, кинилэри кытта психологтар үлэлииллэр, салгыы Дьааҥы историятын, олоҥхоҕо сыһыаннаах тиэмэлэри билсэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА