Саха сиригэр бу сыл бүтүөр диэри 449 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыахтара. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
Бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччыта өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүтүттэн муниципальнай тэриллиилэргэ бэриллэр субвенцияны баһылааһыны бэрэбиэркэлээтэ.
«Сыл аайы бу сыалга судаарыстыба бүддьүөтүттэн 1 млрд солк. тахса үп көрүллэр. 2023 сылга 1,3 млрд солк. суумаҕа 449 олорор дьиэни атыылаһыыга, ол иһигэр 500 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах 124 дьиэ сертификатын, ону тэҥэ 460 мөл. солк. суумаҕа первичнай ырыынактан 116 кыбартыыра ылыыга, вторичнай ырыынактан 370 мөл. солк. суумаҕа 116 кыбартыыраны ылары былаанныыллар», — диэн Садовников иһитиннэрдэ.