22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бэйэ дьалаҕайыттан баан каартатыттан уоруулар тахсаллар

12:58, 06 апреля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Суотабай төлөпүөн нүөмэригэр холбонуллар “мобильнай баан” нөҥүө уоруу тахсара дэбигис. Ол төрдө-төбөтө туохха сытарый? “Мобильнай баан” өҥөтө холбоммут сим-картаны (суотабай нүөмэри) атыыласпыт саҥа хаһаайын, суобаһа суох киһи буоллаҕына, ол баан көмөтүнэн урукку хаһаайын харчытын талбытынан туттар эбит. Маннык уоруулар тахсыбаттарын туһугар “мобильнай баан” өҥөтө холбоммут нүөмэргин саптарар эбэтэр атын киһиэхэ атыылыыр буоллаххына, ол иннинэ бааҥҥа тиийиэхтээххин уонна сайабылыанньа суруйан, ол өҥөҕүн араартарыахтааххын. Атын холобурдар эмиэ бааллар.

Алдан полициятыгар кулун тутарга биир дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Киниттэн “мобильнай баан” нөҥүө 6 тыһ.солк. уорбуттарын туһунан. Полицейскайдар “эмиэ түөкүннээһин” диэн санаабыттар бастаан. Онуоха баара, харчы түспүт счетун бааны кытта бэрэбиэркэлээбиттэрэ – харчыны түүн устубуттар, оруобуна ол кэмҥэ дьахтар дьүөгэтинээн арыгы иһэ олорбуттар. Ол ханна да үлэлээбэт 25 саастаах дьүөгэтин уорбалаан, полиция отделыгар аҕалбыттар. Кыыс онно билиммитинэн, дьиэлээх хаһаайка туохха эрэ аралдьыйбыт кэмигэр төлөпүөнтэн “мобильнай баан” нөҥүө харчыны уорбут.

Онтон Нерюнгрига кулун тутар 30 күнүгэр “мобильнай баан” көмөтүнэн түөкүннээһин тахсыбыта бэлиэтэннэ. Эмсэҕэлээбит 27 саастаах киһи полиция үлэһиттэригэр быһаарбытынан, биир сайтка атыы-эргиэн тэрилин атыылыырын туһунан биллэрии биэрбит. Сотору буолан баран, биир киһи эрийэн, ол тэрили атыылаһарын туһунан эппит итиэннэ каартатын нүөмэрин ыйыппыт. Харчытын баан каартатыгар ыытыам этэ диэн. Эмсэҕэлээччи нүөмэри эппит. Атыылаһааччы аны смс-код көрдөөбүт, харчым чуолкай тиийбитин туһунан билэргэ диэн. Эмиэ этэн биэрбит. Ол кэнниттэн баанын каартатыттан 6300 солк. харчы “сүппүт”. Атыылаһааччы буоллар, онон сөп буолбакка, өссө эрийэн, “алҕас” устубут харчытын төннөрөр ааттаан, эмиэ хас да эпэрээссийэни толороругар эппитин, бу киһи, дьэ, толорботох. Ол айыыта онон – атыыта да барбатах, харчыта да төннүбэтэх – түөкүн төлөпүөнүн арааран кэбиспит.

Аны Дьокуускайга биир киһи олунньу 15 күнүгэр баанын каартатын уонна каартатыттан 80 тыһ.солк. уордарбыт. Киин куорат полициятын оперативниктара быһаарбыттарынан, ол түүн эмсэҕэлээччи кулуупка сынньанан баран, уулуссаттан массыына тохтотон дьиэлээбит. Тулагы курдук ыраах сиргэ айаннаан иһэн, аара тохтоон, банкоматтан харчы устарыгар, суоппар көмөлөһөөччү буолан тылламмыт. Харчытын ылан, итирик киһи буккураччы утуйан хаалбыт, дьиэтигэр тиийэн биирдэ уһуктубут. Сарсыныгар көрбүтэ – каартата да суох, онно баар 80 тыһ. солк. мэлийбит.

Суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмигэр оперативниктар Украинаттан төрүттээх, урут сууттана сылдьыбыт 62 саастаах киһини туппуттар. Уорбаланааччы билиммитинэн, эмсэҕэлээччи банкоматтан харчытын устарыгар, кини пин-кодун өйдөөн хаалбыт уонна киһитэ утуйбутун кэнниттэн, каартатын кумааһынньыгыттан ылбыт уонна ойоҕор эрийбит. Ойоҕун кэлэн, дьиэтиттэн ылан, түүн, икки чаас устатыгар банкоматтары кэрийэн, харчы устубуттар. Онуоха эр киһи видеокамераҕа көстүбэтин наадатыттан, дьахтара мааска кэтэ-кэтэ киирэр эбит.

Бу чахчыларынан холуобунай дьыалалар тэрилиннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА