Уус-Алдан нэһилиэктэригэр тэрилтэлэр фестиваллара саҕаламмытын туһунан Өлтөх нэһилиэгин олохтооҕо, кулууп уус-уран салайааччыта Майя Аржакова иһитиннэрдэ:
«Тыа сирин кыракый нэһилиэктэрэ бу күннэргэ улаханнык сэргэхсийэн олороллор. Дьон-сэргэ арыт мустан мээчиктээн, дуобаттаан, бильярдка оонньоон, теннистээн аралдьыйар эбит буоллаҕына, аны билигин киэһэ ахсын кэнсиэр көрөн дуоһуйа сынньанар. Бу күннэргэ нэһилиэк дьаһалтатын, библиотекатын, балыыһатын, ветеринариятын уонна маҕаһыынын үлэһиттэрин холбоһуктаах кэнсиэртэрэ буолла», — диэн кэпсээтэ.
Культурнай олоҕу өссө тупсарар, сонун оҥорор туһуттан, аны ыаллыы нэһилиэктэр хардарыта ыалдьыттаһыыны киллэрбиттэр. Ол чэрчитинэн, Арыылаахтан кулууп дириэктэрэ Евдокия Карамзина, дьахталлар сэбиэттэрин чилиэнэ, Орто Эбэ оскуолатын учуутала Гея Мохначевская дьоро киэһэ кыттыылаахтарынан буолбуттар. Онтон маннык бэртээхэй ньүөмэрдэри көрбүт тэрилтэлэр атыттартан хаалсыбат санаалаах бэлэмнэниилэрин күүһүрдэн биэрбиттэр. Кинилэр саҥа талааннары арыйан, көрөөччүлэр болҕомтолорун тардар, соһуччу бэлэх оҥорор баҕалаахтарын биллэрбиттэр.
Майя Иннокентьевна бэлиэтээбитинэн, бастыҥ нүөмэрдэр кэлэр ыйга Бороҕоҥҥо түмүктүүр кэнсиэргэ киллэриллиэхтээхтэр.