Бүгүн Ил Түмэн уочараттаах XXXIV пленарнай мунньаҕар быйылгы уонна кэлэр икки сыллаах бүддьүөт сокуонугар бастакы уларытыы киирдэ. Бүддьүөт ороскуоттаах чааһа 177,8 мөл. солк. улаатан, 190,8 млрд солк. тэҥнэстэ.
Үп миниистирэ Валерий Жондоров бэлиэтииринэн, ити уларыйыы судаарыстыба иэһин төлөөһүнү кытары сибээстээх. Ол курдук, сокуон бырайыагынан, 2018 с. иэс ылыы 7,6 млрд солк. үрдүөхтээх. Ол иһигэр 6,5 млрд солк. – судаарыстыбаннай сыаналаах кумааҕыларга, 1,1 млрд солк. – кирэдьииккэ. Өрөспүүбүлүкэ уопсай иэһэ 2019 с. тохсунньутугар 677,1 мөл. солк. кыччаан, 52,7 млрд солк. буолуохтаах. Билигин судаарыстыба иэһэ өрөспүүбүлүэ бэйэтэ киллэринэр дохуотуттан 47 % ылар. Ити Бүддьүөт кодексын нуорматыгар эппиэттиир. Былырыын өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуота 112 млрд солк. тэҥнэспитэ.
Оттон ороскуоттаах чааһын ыллахха, 2018 с. – 190,3, 2019 с. – 127,3, 2020 с. – 125,7 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ. Бүддьүөт дефицита сокуонунан эрдэ 1,5 млрд солк. быһыллыбыт буоллаҕына, билигин 1,7 млрд солк. уларыйда. 2019 с. – 1,1 млрд солк. буолуоҕа диэн былаанныыллар. Оттон 2020 сылга кэлэн бүддьүөт профицикка тахсыахтаах. Ол эбэтэр ороскуоту дохуоппутунан барытын сабар кыахха киириэхтээхпит.
Валерий Жондоров этэринэн, тохсунньутааҕы дааннайынан, 3,6 млрд солк. кирэдьииккэ иэс үөскээбит. Ый устата манна үлэ баран, 1,08 млрд солк. төлөммүт. Оттон олунньутааҕы дааннайынан, 4,09 млрд солк. буолбут.
Ил Дархан Егор Борисов бырабыыталыстыбаны кытары мунньахтыырыгар кулун тутар бүтүүтүгэр диэри хамнаска иэһи төлүүргэ эппитэ. “Хамнаска иэһи төлөөһүн былааныгар бастакы уочарат техническэй үлэһиттэр (аутсорсиҥҥа сылдьар) хамнастарын туруорбуппут. Ону сэргэ аччыгый, орто бизнес үлэлэһэр сирдэригэр бастаан төлөнүөҕэ. Былаан оҥоһуллан иэс түһүмэҕинэн төлөнөн иһиэҕэ”, — диэн этэр кини. Манна даҕатан эттэххэ, Үп министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бүддьүөт биир ыйдааҕы тохсунньутааҕы) түмүгүнэн, дохуота 9,8 млрд солк. тэҥнэспит. Оттон ороскуота — 10,3 млрд солк. буолбут.
Сокуон бырайыагынан, бүддьүөт дохуоттаах чааһыгар уларытыы суох. Онон оннунан 188,6 млрд солк. хаалла. Норуот дьокутааттара судаарыстыбаннай иэс, хамнаһы төлөөһүн, “World Skills” күрэхтэһиини үбүлээһин, бүддьүөт дефицитын, атын регионнары кытары үп-харчы боппуруоһугар уопут атастаһыыны, социальнай төлөбүрдэр, улахан хампаанньалар үлэһиттэриттэн киирэр нолуок, 35-с нүөмэрдээх оскуола тутуутун, “Үтүө дьыала” хамсааһын үбүлээһинин, “АЛРОСА-Ньурба” хампаанньаттан ааспыт сылга киирбит дивидент, о.д.а. боппуруостары ыйыттылар. Сокуон бырайыагын дьокутааттар бүтэһиктээх ааҕыынан ылыннылар.