«Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэниини Ил Дархан Айсен Николаев Россия спордун миниистирэ Олег Матыцины кытта кэпсэттэ. Регион баһылыга тутуу инфраструктуратын кытта билиһиннэрдэ.
Ил Дархан кулун тутар 19 күнүгэр оонньуулар уоттара, күрэхтэһии буолуо 100 хонук иннинэ, Өлүөнэ очуостарыгар уматыллыахтааҕын иһитиннэрдэ.
Олег Матыцин эппитинэн, бэлэмнэнии былаан быһыытынан баран иһэр. «Эбийиэктэр кэмигэр бэлэм буолалларыгар саарбахтааһын суох, логистика уонна тэрээһин куттала суох ааһарыгар хааччыйыы толору бэлэм, — диэтэ миниистир. — Биһиги инфраструктура бэлэмин, сотору кэминэн Дьокуускайга федеральнайдааҕы тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа буоларын, онно бырагыраама бигэргэнэрин, тас дойдуттан киирэр хамаандалары кытта сибээстээх боппуроустары кэпсэттибит».
Олег Матыцин Оонньуулар кэмигэр уонна үрдүк таһымҥа ыытыллалларыгар эрэлин биллэрдэ уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыгар, уопсастыбаннаска махталын биллэрдэ.