Великобритания бэрэстэбиитэллэрэ, өскөтө ГРУ урукку үлэһитин Сергей Скрипалы уонна кини кыыһын сүһүрдүүгэ Москва буруйдааҕа дакаастаннаҕына, бэйэлэрин биир санаалаахтарын быйыл Арассыыйаҕа ыытыллар футболга аан дойду чөмпүйэнээтин бойкуоттуурга ыҥыраллар. Бу туһунан Великобритания The Times таһаарыыта иһитиннэрдэ.
The Times бигэргэтэринэн, бойкуоттааһыҥҥа Австралия, Польша уонна Япония кыттыһыахтарын, бу дойдулар үрдүк сололоох чунуобунньуктара, официальнай сирэйдэрэ Арассыыйаҕа барартан батыныахтарын сөп.
Бу иннинэ МИД салайааччыта Борис Джонсон Англия аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттартан аккаастаныан сөбүн туһунан этэн турар. Кэлин МИД пресс-сулууспата манна футболистар туһунан буолбакка, чунуобунньуктар тустарынан этиллибитэ диэн көннөрүү биэрэргэ тиэтэйбитэ.
Оннук буолар да түгэнигэр, Англия 2022 сылга Катарга буолуохтаах чөмпүйэнээттэн эмиэ туоратыллыан сөп. Эмиэ ФИФА быраабылатынан, күрэхтэһии буолуо 30 хонук иннинэ аккаастаммыт хамаанда Швейцария 250 000 франкатынан, оттон 30 хонук иһинэн батыммыт ити үп иккитин саҕа сууматынан ыстарааптаныаҕа.
Футболга аан дойду чөмпүйэнээтэ 2018 сыл бэс ыйын 14 — от ыйын 15 күннэригэр Арассыыйа 11 араас куоратынан ыытыллыаҕа.