Арктиканы 2025 сылга диэри кэтээн көрүөхтэрэ. Үс спутник мууһу, биир — метеорологическай балаһыанньаны. Ол туһунан вице-премьер Юрий Трутнев эттэ, суруйар РИА Новости.
«Россия 2025 сылга диэри космическай бырагырааматын иитинэн үс радиолокационнай спутник мууһу хонтуруоллуоҕа, биир — метеорологияҕа мониторины ыытыаҕа, түөрт космическай аппараат Арктика зонатыгар спутник сибээһин уонна интернет сибээһи дьон туттуутун хааччыйыаҕа», — диэтэ Юрий Трутнев, Федерация Сэбиэтин мунньаҕар.
Презентацияҕа этиллэринэн, метеорологическай мониторины ыытар «Арктика-М» орбитаҕа 2023 сылга таһаарыллыаҕа, онно 6 млрд солк туттуллара былааннанар.
Мууһу кэтээн көрүүгэ 2022-2023 сылларга «Кондор-ФКА» спутник уонна «Обзор-Р» спутник 2022 сылга үлэлиэхтэрэ.
Түөрт «Экспресс-РВ» спутник сибээһи уонна интернети хааччыйыыга 2024 сылга олоххо киириэҕэ.
Үбүлээһин уопсай суумата — 48 миллиард солк.
«Метеорологическай мониторины көрөр биир спутник үлэлии турар», — диэтэ Трутнев.