Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт регион олохтоохторун кытта кэпсэтиитигэр бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Арктика оройуоннарыгар дьон субсидиялаах билиэтинэн көтүүлэрэ саҕаланыахтааҕын эттэ.
Ыам ыйыгар субсидиялаах билиэттэринэн Арктика оройуоннарыгар көтүүгэ туһуламмыт нуорма-быраап докумуоннара оҥоһуллуохтаах. Бырабыыталыстыба таһымыгар дьаһал ылыллыахтаах.
«Бэс ыйын 1 күнүттэн хойутааһына суох Арктика улуустарыгар дьон субсидиялаах билиэттэринэн көтүүлэрэ саҕаланыахтаах», — диэтэ Ил Дархан.



