Бу сарсыарда Дьокуускай аэропуордугар Ту-204С сөмөлүөт 20 тонна почта таһаҕаһын аҕалла. Арассыыйа почтатын көтөр аала бастакы рейсин Москва — Нижневартовск — Дьокуускай хайсханан оҥордо.
Сөмөлүөт түһэр балаһатыгар экипаһы сибээс уонна информационнай технология миниистирэ Александр Борисов уонна Арассыыйа почтатын регионнааҕы филиалын салайааччыта Алевтина Игнатьева көрүстүлэр.
Почта тиһигэ Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ көтөр икки ТУ-204С сөмөлүөтү атыыласпыт. Азия-Чуумпу акыйаан регионнарыгар почта таһаҕаһын тиэрдэр сорук турар.
Почта туспа пааркалаах буолуутун Саха сиригэр бигэтик өйүүллэр. Александр Борисов этэринэн, почтаны дойду ыраах регионнарыгар тиэрдии түргэтииригэр бу дьаһал олугу уурар.
«Саха сирэ кэлиҥҥи сылларга интернет нөҥүө биир киһи ирээтигэр тиксэринэн элбэх табаары сакаастыыр регионнар ахсааннарыгар киирэр. 2013 сылы кытта тэҥнээтэххэ, норуоттар икки ардыларынааҕы ыытыы көрдөрүүтэ 10 төгүл эбиллибит», — диэтэ миниистир.
Алевтина Игнатьева СИА эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо почта өҥөтүнэн күүскэ туһаналлар. Итинтэн баһыйар үксүн норуоттар икки ардыларынааҕы ыытыы ылар.
Почтанан оройуон кииннэригэр уонна ыраах сытар нэһилиэктэргэ таһаҕаһы тиэрдиигэ кыһалҕалар баалларын кини чиҥэтэн эттэ. Кыһалҕаны туоратыыга үлэ ситимнээхтик ыытыллар. «Үҥсүү аҕыйыырыгар, почта өҥөтүнэн туһанааччы элбииригэр баҕарабын», — диэтэ кини.