12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буоларын туоһулуур Россияҕа биир тэҥ докумуон оҥоһулунна

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буоларын туоһулуур биир тэҥ докумуон Россияҕа сэтинньи 1 күнүттэн бэйэтин күүһүгэр киирэр. Маны сэргэ СВО кыттыылааҕа буоларын туһунан ыспыраапканы электроннай көрүҥүнэн «Госуслуги» портал эбэтэр МФЦ нөҥүө ылыахха сөп, суруйар ТАСС.

«Уларыйыы РФ оборуонаҕа миниистирэ Андрей Белоусов көҕүлээһининэн ылылынна, бу байыаннай сулууспалаахтары өйөөһүн туох да хааччаҕа суох хааччылларыгар туһуланар», — диэн тустаах министиэристибэҕэ эттилэр.

«Маны сэргэ Российскай Федерацияҕа биир тэҥ докумуон оҥоһуллар, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буоларын туоһулуур. Докумуону сэтинньи 1 күнүттэн ылыахха сөп, байыас сулууспалыы сылдьар буоллаҕына, кини чугас аймахтара ылыахтарын сөп. Ол кэннэ социальнай өйөбүл миэрэлэригэр докумуоннарын көрдөрөллөр», — диэтилэр биэдэмистибэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА