22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма кадеттара полиция үлэтин билистилэр

11:40, 21 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Тохсунньу 19 күнүгэр Амма орто оскуолатын кадет кылааһын үөрэнээччилэрэ полиция отделыгар ыалдьыттаатылар. Уолаттары кылаас салайааччыта Алексей Слепцов салайан сырытыннарда. Кылаас чааһа патриотическай итиигэ туһаайыларынан, учаастак боломуочунайдарын үлэтин салайааччы, полиция капитана Валерий Дьяконов эр киһи уопсастыбаҕа оруолун, сокуону уонна быраабы көмүскүүр эйгэ үлэтин сиһилии билиһиннэрдэ.
Сокуоннай саастарын ситэ илик гражданнар дьыалаларыгар иниспиэктэр, полиция капитана Александр Ылахов улууска бэрээдэги кэһии туругун, холуобунай уонна административнай эппиэтинэс туһунан сырдатта. Оттон полиция капитана Людмила Малыкайцева боппуруос уонна ыйытыы киэбинэн полиция идэтин туһунан уонна бу идэҕэ үрдүкү үөрэххэ киирии балаһыанньаларын чопчулаан быһаарда.
Кадеттар биирдэ да тылы сыыска түһэрбэккэ, болҕойон сэргээн олорон иһиттилэр.
Ол кэнниттэн дьуһууранай көмөлөһөөччүтэ, старшай прапорщик Ильяс Заровняев уолаттарга кэтэһиилээх тиэмэҕэ — полицияҕа туһаныллар анал тэриллэр тустарынан, бистэлиэти, помповай сааны уонна аптамааты кытта билиһиннэрэр практическай уруогу ыытта. Манна кини хас биирдии анал тэрил ханна, хайдах туттулларын быһааран, көрдөрөн кэпсээтэ.
Салгыы уолаттар Амматааҕа полиция отделын музейыгар сырыттылар.
Музей салайааччыта, ис дьыала бэтэрээнэ Анна Илларионова улууска милиция тэриллиэҕиттэн ыла кэми хабан, оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит сотрудниктар үлэлэрин-хамнастарын бэрт интэриэһинэйдик сырдатта.
Бүгүҥҥү кылаас чааһа уолаттарга олоххо тус сыаллаах буоларга, идэни сөпкө таларга бастакы хардыы быһыытынан ураты суолталанна.
Ол туһунан Толя Гаврильев санаатын маннык үллэһиннэ: «- Мин В.Короленко аатынан Амма орто оскуолатыгар 7 „в“ кадет кылааһыгар үөрэнэбин. Кылааспытыгар 20 буолан 5-с кылаастан бииргэ үөрэнэбит. Кылааһым салайааччыта Алексей Алексеевич Слепцов. Кини биһигини уруоктар кэннилэриттэн байыаннай дьыалаҕа дьарыктыыр. Дьарыкпытыгар стройунан хаамыы уонна анал военизированнай предметтэр киирэллэр. Бүгүҥҥү кылаас чааһа олус интэриэһинэй буолла. Полиция үлэтин туһунан элбэҕи биллибит уонна бу идэҕэ үрдүк үөрэххэ киирии быраабылатын иһиттибит, полицияҕа туһаныллар анал тэриллэри тутан-хабан көрдүбүт».

Оскуоланы бүтэрдэххинэ ханнык идэни талыаҥ этэй диэн ыйытыыга Толя мунаарбакка: «Полиция», — диэн хоруйдаата. 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар