2021 сыл муус устар 22 күнүгэр Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин вице-спикерэ Александр Жирков 2021 сылга Өлүөхүмэ улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕын бэлэмниир уонна тэрийэр кэмитиэт видеоконференцсвязь көрүҥүнэн ыытыллыбыт мунньаҕар кыттыыны ылла.
Мунньаҕы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников салайан ыытта. Кини Ыһыах чэрчитинэн ыытыллыахтаах дьаһаллары тэрийиигэ уонна ыытыыга сүрүннүүр үлэни күүһүрдэргэ ордук суолталаах хайысхаларга сүрүн болҕомтону уурар тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.
2021 сылга ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕын бэлэмниир уонна тэрийэр үлэ туһунан иһитиннэриини «Өлүөхүмэ оройуона» муниципальнай оройуон баһылыга, тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Николай Харбин оҥордо. Өлүөхүмэҕэ ыһыах сүрүн тутуулара – ол курдук Аанньаах хочото диэн 15 эбийиэктээх ландшафтнай-этнографическай комплекс, нэһилиэктэргэ аналлаах 23, тэрилтэлэргэ аналлаах 9 ураһа – ааспыт сылга тутуллубуттарын бэлиэтээтэ. Николай Харбин иһитиннэрбитинэн комплекска уот ситимигэр холбооһун үлэтэ түмүктэммит, итиэннэ 300 миэтэрэлээх суол, 50 массыына батар анал туруорар сир, уунан хааччыйар ситим оҥоһуллубут. Маны таһынан, айан суолуттан ыһыахтыыр сиргэ диэри 500 миэтэрэ усталаах суолу уонна 450 массыына батар анал туруорар сири кутуу үлэтэ эмиэ түмүктэммит, иһитиннэрэр-биллэрэр баннер, суол бэлиэлэрэ туруоруллубуттар, ипподром тутуллубут.
Баһылык эппитинэн сайыҥҥы кэмҥэ уопсай туһаныллар тырааныспар сүрүн көрүҥүнэн уу тырааныспара уонна Ми-8 вертолет итиэннэ анал хайысхалаах суол буолуоҕа. Тиэйэр-таһар, тутар, харайар, бэлэмниир (оҥорон таһаарыыны) уонна аһылык бородууктатын, уопсастыбаннай аһылык бородууксуйатын олоххо киллэрэр бас билии бары көрүҥнээх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин кэмигэр дизентерияны утары, сыстыганнаах ыарыыны уонна COVID-19 утары иммунитеттарын бөҕөргөтүүнү хааччыйар үлэ тэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Салгыы СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин э.т. Владислав Левочкин култуурунай тосхолу бэлэмнээһин хаамыытын туһунан иһитиннэрии оҥордо. СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Алексей Филиппов тырааныспарынан хааччыйыы туһунан тыл эттэ. СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Владимир Тихонов ыалдьыттары уонна кыттыылаахтары түһэриини кытта билиһиннэрдэ. Маны таһынан «Олоҥхо ассоциацията» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ президенэ Февронья Шишигина тыл эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Өлүөхүмэ улууһугар ыытыллыахтаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи XIV Олоҥхо Ыһыаҕа 2021 сылга көһөрүллүбүтэ. Олохтоохтор доруобуйаларын харыстыыр уонна COVID-19 ыарыынан ыалдьыы ахсаанын үрдэппэт инниттэн былаас тэрээһини көһөрөр туһунан быһаарыыны ылыммыта.
Александр Жирков маныаха маарынныыр быһыы-майгы урукку өттүгэр үс улууска тахса сылдьыбытын бэлиэтээтэ. Ол курдук, 2007 сыллаахха Таатта улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕа халаан уутун содулуттан кэлэр сылга көһөрүллэн турар. Үөһээ Дьааҥы улууһа ыраах сытарыттан сиэттэрэн бу улууска ыһыах буолара буолбата бүтэһигэр диэри аһаҕас турбута. Аны, 2019 с. Алдан улууһа сөптөөх бэлэмэ суох диэн ааттаан, оччотооҕу премьер-миниистир Е.А. Чекин хамаандата Олоҥхо Ыһыаҕын көһөрөр туһунан быһаарыы ылыммыт түгэнэ эмиэ баара. Түмүгэр Алдаҥҥа ыһыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыт ыһыахтартан биирдэстэрэ буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох.
«Нэһилиэнньэ сорох араҥатын ортотугар, былаас да өттүттэн Ыһыахха араас сыһыан билигин да баар. Ол иһин үөскүүр уустуктары туоруур, мэһэйдэри ааһар күүстээх санаалаах буолуохтаахпыт. Бүгүҥҥү туругунан коронавирустан тутулуктаах балаһыанньаны эрдэттэн сабаҕалыыр кыахпыт суох эрээри, тэрийэр кэмитиэт Олоҥхо Ыһыаҕын үрдүк таһымҥа ыытар туһугар салгыы толору үлэлиир соруктаах», – диэн эттэ Александр Николаевич.
Национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Өлүөхүмэҕэ улуус баһылыга Николай Харбин салайааччылаах тэрийэр бөлөх көхтөөхтүк, кыһамньылаахтык үлэлиирин бэлиэтээтэ.
Ону тэҥэ Александр Жирков Өлүөхүмэ сирин-уотун төрүт олохтоох эбэҥки норуота ыһыаҕы тэрийиигэ кыттара олус улахан суолталааҕын ыйда: «Эбэҥкилэр Саха сиригэр, Өлүөхүмэ улууһугар төрүт олохтоох улахан омук, бэйэлэрин төрүт култуураларын харыстаан иҥэринэ сылдьар норуот. Кинилэр бары тэрээһиннэргэ кыттыахтаахтар. Программаҕа ону аахсыҥ», – диэн эттэ.
Ону таһынан Александр Жирков: «Олоҥхо Ыһыаҕын сүрүн ыалдьыттара, кыттааччылара олоҥхоһуттар-тойуксуттар, оһуохай этээччилэр, уустар-мандардар буолаллар. Кинилэр айаннарын, үлэлэрин бары өттүнэн иҥнигэһэ суох гынар туһугар анаан ЛОРП-н теплоход туруоруохха. Хас биирдиилэригэр чэпчэтиилээх билиэти олохтуохха. Ороскуот сорҕотун ЛОРП бэйэтэ, сороҕун спонсордар уйунуохтаахтар. Биһиги дьоммут теплоходка малларын-салларын, таҥастарын-саптарын тиэнэн, антах тиийэн эмиэ теплоходтарыгар гостиница курдук олорор гына дьаһаныахха. Төннөллөрүгэр эмиэ», – диэн этии киллэрбитин тэрийэр кэмитиэт үлэҕэ ылынна.
Александр Жирков Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр Сергей Местниковка туһаайан тэрийэр кэмитиэккэ махтанна уонна кырдьаҕас Өлүөхүмэ сирин биир бастыҥ туонатыгар дьон-сэргэ кэрэхсиир ыһыаҕа тэриллиэҕэ диэн эрэнэрин эттэ.