22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

АККОР саҥа президенинэн Александр Артемьев талылынна

11:40, 08 декабря 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар ахсынньы 6 күнүгэр 6рөспүүбүлүкэ бааһынайдарын уонна тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарын ассоциациятын (АККОР) отчуотуур-быыбардыыр конференцията буолан ааста. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ П.Н. Алексеев уонна 143 бааһынай хаһаайыстыба уонна кооператив салайааччылара, ол иһигэр 95 делегат кыттыына ылла.


«Сахабыт сирэ сайдыытыгар фермэрдэр киллэрэр кылааттара улахан. Күн бүгүн республикабыт сүөһүтүн 30% кинилэргэ баар. Сылгы өттүгэр ити сыыппара өссө улахан. Ол курдук сылгыбыт 41%-нын фермэрдэр көрөн-истэн олороллор. Тыа хаһаайыстыбатын валовай бородууксуйатыгар киллэрэр көрдөрүүлэрэ эмиэ улахан. Кэнники сылларга фермэрдэр хамсааһыннара, үлэлэрэ-хамнастара кэҥээн иһэрэ киһини үөрдэр», — диэн бэлиэтээтэ Петр Алексеев.

12 сыл устата ассоциацияны бэриниилээхтик салайан кэлбит Валерий Николаевич Ефремов 2013-2017сс. үлэтин отчуоттаата. Кырдьыга даҕаны, үгүс үлэ ыытыллыбыт. Онно бэрт кылгастык тохтоон аастахха: эдэр фермэрдэр ассоциациялара тэриллэн 1253 киһи сомоҕолоһон биир санаанан үлэлии-хамсыы сылдьар, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кооперативтар Биир кэлим реестрдэрэ оҥоһуллан, күн бүгүн 1054 киһи Бүтүн Россиятааҕы чилиэнскэй билиэттээх, «Росагролизинг» УоАО кытта бииргэ үлэлээһин түмүгэр биэс сыл устатыгар 168 араас техника ылыллыбыт, Саха сирин фермердэрэ Германия, Кытай курдук улахан дойдуларга, Казань, Санкт-Петербург куораттарга тиийэн фермердэр үлэлэрин көрөн-истэн, уопут атастаһан билиилэрин хаҥатан кэлбиттэр о.д.а.

Фермердэр бэлиэтииллэринэн, саамай улахан көмө ол эбэтэр фермэрдэргэ иккис тыыны Граннар биэрбиттэр. Ол курдук биэс сыл иһигэр “Саҥа саҕалыыр фермердары өйөөһүн” программа нөҥүө 618 киһи, онтон «Ынах-сылгы сүөһүнү иитэр дьиэ кэргэттэри сайыннарыы» программа чэрчитинэн 175 хаһаайыстыба грант ылбыттар. Бу федеральнай программалар көмөлөрүнэн хаһаайыстыбалар атахтарыгар түргэнник туран, дохуот ылан, сайдан бараллар. Холобур, «Саҥа саҕалыыр фермэрдэр» грант нөҥүө 4 сыл устата 503 араас тыа хаһаайыстыбатын техниката, 735 — үүт боруода ынах сүөһү, 837 – эт боруода ынах сүөһү, 1188 – сылгы, 320 – көтөр, 210 – сибинньэ атыылаһыллыбыт. Оттон «Ынах-сылгы сүөһүнү иитэр дьиэ кэргэттэри сайыннарыы» программа чэрчитинэн, 155 объект тутуллубут: 136 – аныгы типтээх хотон, 3 – эт боруода ынахтар турар хотонноро, 12 – сылгы баазата, 3 – сибинньэ фермата.

Аны туран, кэтээн көрдөххө, фермэрдэр эдэримсийэн иһэллэр. Эдэр дьон хаһаайыстыба тэринэн тыа сиригэр олохсуйар буолла. Күн бүгүн фермэрдэр хамсааһыннара сайдыы үһүс этабыгар сылдьар диэн В.Н. Ефремов этэр. Бастакы көлүөнэ фермэрдэр тэлбит суолларын ыччаттара, оҕолоро салҕыыллар. Хаһаайыстыба ийэттэн-аҕаттан оҕоҕо бэриллэр. Күн бүгүн үлэлии-хамсыы сылдьар фермэрдэр династиялара: Амма улууһуттан Фоминнар, Кузьминнар, Намтан Жирковтар, Константиновтар, Тааттаттан Афанасьевтар, Мочкиннар, Марковтар, Мэҥэ-Хаҥаластан Борисовтар, Чириковтар, Чурапчыттан Смирниковтар, Горнайтан Петровтар, Ньурбаттан Ивановтар, Өлүөхүмэттэн Ощепковтар, Павловтар уо.д.а.

Саха сиригэр 25 сыл устата ыарахаттары аахсыбакка үлэлээн кэлбит фермэрдэр хамсааһыннарын биир сүрүн ситиһиитинэн иккис көлүөнэ фермэрдэри иитэн таһаарыыта буолар. Бу фермэрдэр үлэлэрэ инники кэскиллээҕин бэлиэтэ, туоһута. Манна даҕатан, биири кэпсээн ааһыахпын баҕарабын, республика фермэрдэрэ убаастыыр киһилэрэ Зарема Романовна Бочкарева, орто кыыһа Италия уолугар кэргэн тахсан олорор. Зарема Романовна онно сыбаайбаҕа тиийэ сылдьан, күтүөт дьонун кытта билсэн-көрсөн кэлбитэ. Онно, соһуйуон иһин, күтүөтэ фермэрдэр оҕолоро эбит, 200 сылын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит. Арҕаа дойдуларга да кыахтаах, көҥүл санаалаах дьон фермэр буолар. Уонна, эппиккэ дылы, оҕоттон оҕоҕо бэриллэн иһэр. Ийэ-аҕа оҕолоруттан ким ордук хаһаайыстыбаҕа чугаһын көрөн баран, кыра эрдэҕиттэн бэлэмниир. Үлэҕэ иитэр, үөрэтэр. Онон оҕо олох кыра эрдэҕиттэн бу мин хаһаайыстыбам, маны сайыннарыахтаахпыт диэн эппиэтинэстээх улаатар. Онтон биһиэхэ көрүүбүт арыый да ураты. Оҕолорбутун киин сиргэ ыыта сатыыбыт. Билигин дьэ харахпыт аһыллан, өйбүт-санаабыт уларыйан, оҕолорбутун бэйэбитигэр сыһыаран эрэбит.

Леонид Чусовской: «Валерий Николаевич аҕам кэриэтэ ытыктыыр киһим. Миигин сиргэ сыһыаран фермэр оҥорбутугар махталым улахан. Билигин Россия үрдүнэн агрохолдиннар тэриллэн фермэрдэр сирдэрин-уоттарын былдьатан эрэллэр. Онон инник уустук кэмҥэ биһиэхэ фермэрдэр ассоциациялара баара улахан суолталаах. Биллэн туран, кыһалҕалар да бааллар, олору бары түмсэн, бииргэ үлэлиэхпитинэ быһаарыахпыт». Леонид Саха сирин общественнай палататыгар фермэрдэр ааттарыттан чилиэнинэн талыллыбыта. Даҕатан эттэххэ, эрдэ В.Н. Ефремов кинини бэйэтин оннугар хаалларар баҕалааҕа, ол эрэн Леонид экс-миниистир туһатыгар кандидатуратын уһуларын биллэрдэ.

Сытыы бөрүөлээх общественнай корреспондент Иван Пономарев: “Киириилээх-тахсыылаах, олох укулаата уларыйар сылларыгар Россия үрдүнэн 30-ча тыһыынча дэриэбинэ, учаастак, тыа хаһаайыстыбата эстибитэ. Биһиги Сахабыт сиригэр биир да дэриэбинэ сабыллыбатаҕа! Бу барыта салалтабыт үчүгэй буолан. Ону сыаналыахха наада. Кэлэр нэдиэлэҕэ «Саха сирэ» хаһыакка «Таас оскуола уонна ынах» диэн ыстатыйам тахсаары турар. Дьэ, ону ааҕаарын… Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эккэ субсидия көрбүтэ саамай сөптөөх. Билигин үүт, эт субсидията үрдүөн наада. Оччоҕо эрэ сүөһүбүт ахсаана аччыа суоҕа. Саха омуга омук быһыытынан ынахтаах-сылгылаах буоллаҕына эстиэ суоҕа», — диэн санаатын үллэһиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 95 сыл устата саха дьоно төрүт дьарыктарын сүтэрбэттэрин туһугар араас үлэни ыытан кэллэ.

Устаапка этиллэринэн, ассоциация президенэ уопсай мунньаҕынан 4 сылга талыллар. Мунньах кыттыылаахтара куоластааһын аһаҕас буоларын ситистилэр. Онтон, дьэ, күүтүүлээх президени талыы саҕаланна. Түмүккэ, Артемьев А.Е. кандидатуратыгар 100% куоластарын биэрэн, Саха сирин бааһынайдарын уонна кооперативтарын ассоциацияларын президенинэн таллылар. Маны сэргэ, 25 киһиттэн турар Сэбиэт састааба талылынна.

«Итэҕэлгитин биэрбиккитигэр махтанабын уонна түһэн биэрбэт туһугар үлэни ыытыам. Кооперация көрүҥэ үгүс, ону сайыннарыыга үлэлиэхпит. Валерий Николаевич сүбэлээн-амалаан илдьэ сырыттаҕына үлэбит таһаарыылаах буолуо. Бэйэбит интэриэспитин көмүскээбэт буоллахпытына, ким да биһиги оннубутугар сүүрүө суоҕа. Фермэрдэр, кооперативтар сокуон өттүнэн көмүскэллээх буолуохпутун наада. Чэрдээх илиибитинэн элбэх үүтү ыан, эти туттаран дохуоттаах буолары ситиһиэҕиҥ, бары бииргэ үлэлиэҕиҥ», — диэн санаатын эттэ саҥа таллыбыт АККОР президенэ Александр Артемьев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА