Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа, сыл кыһыҥҥы бүтэһик ыйа. Сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар. Ахсынньы – бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар.
Норуот билгэтэ:
Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар.
Ахсынньы 1 күнэ — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.
Ахсынньы 9 күнэ — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.
Ахсынньы 12 күнэ — буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.
Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын саамай кылаан кэмэ. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.
Ахсынньы 25 күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.
Ахсынньы 26 күнэ — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.
Ахсынньы 29 күнэ — бу күн кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.