Ахсынньы 1 күнүттэн Арассыыйаҕа медицинскэй страховкалааһын тиһигэр (ОМС) саҥа учуоттуур бэрээдэк үлэҕэ киириэҕэ.
Пациеннар тустарынан дааннайдары барытын биир реестргэ холбуохатара. Билигин электроннай полиһы «Госуслуги» порталга ылыахха сөп, 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн төрөөбүт оҕолорго тута саҥа полиһы төрөөбүттэрин туһунан туоһуну кытары оҥорон биэриэхтэрэ.
Электроннай полиһы медицинскэй полиһы «Госуслуги» саайтыгар тус кабинекка киирэн оҥотторуохха син: ахсынньы 1 күнүттэн кумааҕы полиһы илдьэ сылдьар наадата суох буолуоҕа.