22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

2025 сылга диэри Саха сиригэр 25 тыһыынча хаарбах туруктаах дьиэни суох оҥоруохтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Судаарыстыбаннай корпорация кэтээн көрөр сэбиэтин — ОДьКХ уларытыыга көмөлөһөр Фонда видеосибээһинэн мунньаҕар регионнар хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ бырагыраама туолуутугар отчуоттаатылар. 


Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Фондаҕа бырагыраама үлэтин иһин махтанарын биллэрдэ.

«2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри 36 муниципальнай тэриллиигэ 1 мөлүйүөн 142 тыһ.кв.м. иэннээх хаарбах дьиэни суох оҥорор сорук турар» — диэтэ Ил Дархан.

Ити Россия көрдөрүүтүн 11% ылар, ол эбэтэр 3 500-тэн тахса олорор дьиэ эбэтэр 25 тыһыынча олорор сир, манна 61 тыһыынча киһи олорор. Үбүлээһин уопсай суумата бүгүҥҥү күҥҥэ 78,5 млрд солк. кырата суох.

Регион баһылыга иһитиннэрбитинэн, 2019 сылга — 85 тыһ 700 кв. м. көһөрүллэр. Суумата 6 млрд 240 мөл. солк. Саха сирин национальнай бырайыагар сөп түбэһиннэрэн, сыл бүтүөр диэри 13 тыһ. 500 кв. м. көһөрүллүөхтээх.

«Сыаллаах көрдөрүү толоруллар. 23 тыһ. 500 кв. м. көстө, 14 тыһ. 800 кв. м. компенсация төлөннө, 8 тыһ. 700 кв. м. – саҥа дьиэлэр», — диэтэ Айсен Николаев.

2019-2020 сылларга Фондаттан 4 млрд. 960 мөл.солк. көрүллүбүт. Бу үүнэр сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри толоруллуохтаах.

Николаев дакылаатын бүтүүтүгэр кыра иэннээх хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ эбии үбүлээһини көрөллөрүгэр эттэ.

«Саха сирин үгүс олохтооҕо кыра иэннээх хосторго олороллор. Кинилэри көһөрөр туһуттан бырагыраамаҕа экономическай кылааһы 20 кв. м. диэри тириэрдэргэ», — быһаарда Айсен Сергеевич.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА