1945 сыллаахха Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аакка илии баттаммыт.
Ити кэмҥэ саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
2007 сыллаахха Мүрү оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева ууга өлөн эрэр дьахтары мууһунан сыыллан киирэн быыһаабыт.
Бу күн олоҥхоһут, ырыаһыт Николай Степанов-Ноорой, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа Елизавета Потапова төрөөбүттэр.
Бэлиэ күннэр:
- Аан дойду сорох дойдулара бүгүн Кыайыы Күнүн бэлиэтииллэр
- Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ
- ХНТ — Иккис аан дойду сэриитин сиэртибэлэрин өйдүүр уонна ахтар күннэртэн биирдэстэрэ
- Армения — Еркрап күнэ
- Англия — Фэрри күнэ — Корнуолл графствоҕа друидтар саҕаттан бэлиэтэнэр сааскы күн
- Мексика — Идальго күнэ, Миэксикэ дьоруойун Мигель Идальго төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Норвегия — Босхолонуу эбэтэр Бэтэрээн күнэ
- АХШ, Миссури штаат — Трумэн күнэ
- Чехия — Кыайыы күнэ
- Украина — Өйдөбүнньүк уонна эйэлэлэһии күнэ
- ФРГ — нацистар диктатураларыттан Босхолонуу күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1713 — Санкт-Петербург Арассыыйа киин куората буолбут.
- 1895 — Кытай Тайвань арыыны Японияҕа биэрбит.
- 1945 — Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аакка илии баттаммыт.
- 1945 — Саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
- Ньурба Бэстээҕиттэн төрүттээх Василий Халанников Латвияҕа кыргыһыы кэмигэр икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутан наҕараадаҕа түһэриллибит. Бу саллаат 1944 сыллаахха «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит сурук ааптардарыттан биирдэстэрэ.
- 1953 — Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. Бу күн Кыһыл Кириэс тэрилтэтин 1863 сыл олунньутугар тэрийбит Швейцария уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анри Дюнан (1828—1910) төрөөбүт күнүгэр олохтоммут.
- 1990 — Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт.
- 2007 — Мүрү оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева ууга өлөн эрэр дьахтары мууһунан сыыллан киирэн быыһаабыта.
- 2012 — Греция Олимпия куората Дьокуускай куорат доҕордуу куората буолар.
- 2019 — Любовь Борисова туруорбут «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» диэн аар-саарга аатырбыт сахалыы уус-уран киинэтэ аан бастаан көстүбүт.
Төрөөбүттэр:
- 1897 — билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас (уруккунан Илин-Хаҥалас) улууһун Мөҥүрүөн (Хара) нэһилиэгэр уус ыалыгар Николай Степанов — Ноорой (1975 өлб.) — олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ төрөөбүтэ.
- 1963 — Елизавета Потапова — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр:
- 1794 — Антуан Лавуазье (1743 төр.), Франция учуонайа, аныгы химияны олохтооччу.
- 1873 — Дьон Стюарт Милл, Британия, бөлүһүөк.
- 1903 — Поль Гоген (1848 төр.), французскай живописец, постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
- 1932 — литэрэтиирэ кириитигин, «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» уопсастыбалар чилиэннэрэ буола сылдьыбыт Бороҕон улууһун II Лөгөйүттэн төрүттээх Василий Леонтьевы Иркутскай куоракка 37 сааһыгар ытан өлөрбүттэрэ (1895 төр.).