Бүөтүр Потапов — үөрэҕирии эйгэтин ааттаах киһитэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа бараат даҕаны бэйэ дьыаланан дьарыгыран абыранным диир, Саха сирэ суруйар.
Ыҥырыанан дьарыгырбыта бэһис сыла. Бэйэ мүөтэ амтанныын атын буоллаҕа. Бу дьарыгы кинилэргэ ыаллара, биир идэлээхтэрэ Бүлүүчээҥҥэ олорор Наталья Михайлова угуйбут. Онтон бэттэх сыл аайы бэйэлэрэ Амуртан ыҥырыаны аҕалан ииттэллэр. Аны ыаллар бу дьарыгынан эрэ муҥурдамматтар «Кэпсиэ» диэн аатаах от арааһыттан чэйи оҥороллор. Бу минньигэс чэй тэлгэһэлэрин үүнээйиттэн оҥоһуллара өссө кэрэхсэбиллээх.
Тускулаана Горохова-Кобельянова