Владимир Путин Анал этиитин саҕаланыытыгар дойду экономиката оннун булбутун, билигин социальнай-экономическай бырайыактар сайдыыга олук буолалларын бэлиэтээн туран: “Дойдубутун ким эрэ кэлэн урусхаллыа диэн куттанабыт: суох, оннук буолбат. Биһиги сүрүн кыһалҕабыт бэйэбитигэр сытар: бытааннык сайдабыт, сайдыыны бытааннык ыланабыт. Олохпут балысханнык сайда турар. Ону кытары тэҥҥэ хардыылаан иһиэхтээхпит”, — диэн бэлиэтээтэ. Онуоха былаас, федеральнай, региональнай, муниципальнай, уопсастыба бары биир санаанан салайтарыахтаахтарын эттэ.
Владимир Путин быһа эфирын телевидениенэн, радионан көрдөрдүлэр. Быйыл урукку курдук Георгиевскай саалаҕа буолбакка, тэрээһин Улахан Манежка буолла. Улахан экранынан инфографикалары көрдөрдүлэр. Ити — быйылгы Анал этии биир сүрүн уратыта.