22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус-Ньараҕа - ардах, Саккырыырга - хаар

13:02, 29 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сахабыт сирин баайа – айылҕата: кэрэ көстүү, сγрэҕи–быары сылаанньытар ыраас салгын. Улуу хайалар, киэҥ алаастар, халыҥ сис тыалар, кγн уотугар дьиримнии оонньуур күөллэр, үрэхтэр, өрүстэр – ханна да хатыламматтар. Маннык ураты сиргэ күн-дьыл туруга араастаһар. Ханна эрэ халыҥ хаар, ханна эрэ ардах.


Эбээн Бытантай улууһун Саккырыырыгар бэҕэһээ киэһэ күүстээх тыал саҕаламмыта, бу сарсыарда хаар сытар. «Бытантай уоттара» хаһыат үлэһитэ: «Бу сарсыарда уһуктубуппут сири-дойдуну хаар үллүйбүт. Билигин ууллара турар, бадараан тахсар. Бу күннэргэ тымныы буолар дииллэр«, — диэн иһитиннэрдэ.

Оттон Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара бөһүөлэгэр бэҕэһээ саҕаламмыт ардах түүнү быһа түстэ уонна билигин даҕаны ибирдии турар. «Таһырдьа былыттаах, ардыыр, бадараан бөҕө», — диэн эттилэр «Хотугу сардаҥа» хаһыат редакциятын үлэһиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА