Сэбирдэҕин көөнньөрөн, оргутан ииктэтэргэ, ис ыарыйдаҕына, куртах аһыытын көбүтэргэ, хабах, быар, бүөр ыарыытыгар, хаан баттааһынын түһэрэргэ, дьарҕаҕа, ревматизмҥа, оттон сэбирдэҕин умнаһын кытары холбуу оргутан, хаан барыытын бохсууга тутталлара. Отонуттан утах оҥорон тымныйдахха иһиллэр.
Отонтон ас буһарар уорганнар үлэлэрин тупсарар уонна аһамньыны көтөҕөр, быһата эти-сиини чэбдигирдэр утахтары оҥорон иһэ сылдьыахха сөп.
Бастакы ньыма: таас бааҥкаҕа буспут отону кутан оргуйбут тымныы уунан толоробут. Салгын киирбэт гына ыга хаппахтаан, сөрүүн сиргэ уурабыт. Биир ыйынан аһыы амтаннаах, кыһыл дьүһүннээх утах буолан тахсар.
Иккис ньыма: 3-5 устуука мята оту ууга оргутан сойутабыт. Онно буспут отону кутан, 3-4 нэдиэлэ устата туруорабыт.
Үһүс ньыма: 10 лиитирэ ууга 300-400 г саахары кутан, оргутабыт, сойутабыт. Итиэннэ отоҥҥо кутабыт.
Хомпуот
Биир лиитирэ ууга 0,5-1 киилэ саахары оргутан сироп оҥоробут. Таас бааҥка «санныгар» диэри отон кутабыт. Түгэҕэр уонна отон үрдүгэр 2-3 өлүүскэ лимону быһан угабыт. Онно эрдэ бэлэмнээбит итии сироппутун кутабыт. Итиэннэ бааҥкабытын 85 кыраадыс итии ууга угабыт – биир лиитирэлээх бааҥканы 15 мүн, 2 лиитирэлээҕи 25 мүн, үс лиитирэлээҕи 35-40 мүн.
Ааптар: Саха сирэ саайт