22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Устудьуоннар кэрэ кыыһы таллылар

17:02, 30 марта 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Мисс Студенчество-2016» диэн СӨ үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарыгар куонкурус Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин аччыгый саалатыгар буолла. Куонкурус туһунан култуура уонна ускуустуба коллеһын методиһа Василий Бачьев иһитиннэрдэ.


«Маннык куонкурус саҥа тэрилиннэ. Күөн күрэскэ биэс үөрэх тэрилтэтиттэн биэс кэрэ куо кытынна. Хаһан баҕарар буоларын курдук, кыргыттар барыга дьоҕурдарын, сатабылларын көрдөрдүлэр. Устар ууну сомоҕолуур уран тылларынан, кэрэ сэбэрэлэринэн, өркөн өйдөрүнэн, дьоҕурдарынан көрөөччүлэри үөртүлэр», — диэтэ Василий Афанасьевич. Кыттааччылар бары үөрэхтэригэр кыһамньылаахтарын, уопсастыбаннай үлэҕэ, күрэстэһиилэргэ көхтөөхтөрүн, ыччакка үтүө холобур буолалларын бэлиэтээтэ.

Быйыл Россияҕа Киинэ сыла биллэриллибитинэн, айар дьоҕуру көрдөрүүгэ «Дьахтар уобараһа киинэҕэ» диэн көрүҥ киллэриллибитэ куонкуруһу сэргэхситэн биэрбит. Манна кыргыттар киинэҕэ кылаабынай оруолу толорооччулар буолан көрдөрбүттэр. Саалаҕа олорооччулар кыргыттары хайгыылларыттан соло булбатахтар, ытыс тыаһынан арыаллаабыттар.

Түмүккэ «Мисс Студенчество-2016» үрдүк аатын Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын устудьуона Анна Попова ылла. «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» Зоя Дансарунова (Аксения, Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы үҥкүү коллеһын устудьуона); «Мисс Талант» Анна Попова (Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһа); «Мисс Артистичность» Кристина Жучкова (В.А.Босиков аатынан СӨ муусука Үрдүкү оскуолата); «Мисс Грация» Анна Доброслылова (П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище); «Мисс Очарование» Фаина Хисматулина (М.Н.Жирков аатынан муусука коллеһа) буолбуттар.

Кыайыылаахха үрүҥ көмүстэн корона уонна ытарҕа, сахалыы иһит-хомуос, барыларыгар харчынан бириэмийэ, сибэкки дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуолланан туттарыллыбыттар.

СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир эдэр исписэлиистэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Егор Максимов салалталаах дьүүллүүр сүбэ түмүгү уопсай сүбэнэн, куонкурустаһааччылар ылбыт баалларынан, ким хайдах кыттыбытынан көрөн быһаарбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА