Уһук хоту сорох олохтооҕор ыстаастан тутулуга суох хамнаска муҥутуур эбии оҥорор туһунан этии киирдэ. Уураах бырайыагын анал федеральнай порталга таһаардылар, суруйар «Парламентская газета».
РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин, научнай эйгэ тэрилтэлэрин сотрудниктарыгар, федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһиттэригэр, маны сэргэ хоту биэс сылтан итэҕэһэ суох олорбут 14 — 35 саастарыгар диэри дьоҥҥо миэрэлэр көрүллэллэригэр этии киллэрдэ.
Докумуоҥҥа этиллэринэн, тэрилтэлэр хамнас пуондатын былаанныылларыгар, муҥутуур кээмэйдээх надбавканы ылыыга бары үлэһиттэр бырааптаахтар. Санаттахха, дойду регионнарыгар муҥутуур надбавка араастаһар — 50, 80 эбэтэр 100%.