30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

“Туора” ферма 13 саастаах бостуугун туһунан "Амма олоҕо" хаһыат суруйда

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Амма улууһугар оҕолор сайын устата төрөппүттэригэр көмө буолан, бэйэлэригэр да хамнас аахсан сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэр. Оннук оҕону “Бөтүҥ” ТХПК “Туора” ферматыгар көрсөн билистим. Аата — Кеша Сергеев.

Мин Кеша Сергеев диэммин. Үһүс сылбын бостууктуубун. Билигин сааһым 13. Бөтүҥ орто оскуолатыгар 6-с кылааска үөрэнэбин. Үөрэхпин үчүгэйдик түмүктээбитим. Ынахтарбын аҕабын кытта хомуйабын. Сарсыарда 3 чаастан ыамҥа аҕала барабыт. Бостууктуурбун наһаа сөбүлүүбүн. Атынан сүүрдэн, кинини мэҥэстэр үчүгэй баҕайы. Билигин саҥа сайылыкка тахсыбыт буолан мэччирэҥ чугас. Күһүөрү бүттэҕинэ ырааталлар. Билигин ардыгар дэриэбинэҕэ баран хаалааччылар. Ону үүрэн аҕалабын. Атым аата Кова диэн. Сымнаҕас майгылаах”, — диэн уолчаан бэрт чобуотук кэпсиир.

Кеша аҕата Тимофей Сергеев уолун кыра эрдэҕиттэн акка сыһыаран, бэйэтин кытта илдьэ сылдьан, билигин уол бэйэтэ үлэһит. Ардыгар ыксал буоллаҕына, соҕотох да хомуйуон сөп. Аҕата уолугар эркин курдук эрэнэр. Дьэ маннык оҕолор кыра саастарыттан тыа хаһаайыстыбатын уустук, сыралаах үлэтигэр сыстан, дьонноругар күүс-көмө буола сылдьаллара көрүөххэ астык. Урукку үтүө үгэстэри сөргүтэн, оҕолорбутун от-мас үлэтигэр сыһыаран, кыаллар буоллаҕына сайылыктарга таһааран күүс-көмө гынан үлэлэтэр киһи туох да куһаҕаны аҕалыа суох этэ. Төттөрүтүн туһалаах эрэ буолуо.

Урукку, сэбиэскэй кэмҥэ диэн ааттыыр сылларбытыгар сайыҥҥы кэмҥэ дэриэбинэҕэ ким да суох буолара. Уулуссаларга хаамсар да киһи аҕыйаҕа. Ол аата бука бары оҕолуун, улахан дьоннуун ким окко, ким сайылыкка тахсаллара. Хомойуох иһин, билигин оннук хартыына суох. Урут этэргэ диэри сайын дэриэбинэҕэ баарын да кыбыстыылаах курдуга. Тоҕо диэтэр сүрэҕэ суох курдук көстөрүҥ.

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА