Кыстыкка саҥа хотонноох киирии — хаһаайыстыбалаах киһиэхэ дьол.
Евгений Потапов Бүлүү улууһун Тааһаҕарыгар саҥа хотонун малааһыннаата. 50 төбөҕө анаммыт хотон.
Тыа сиригэр олохсуйуон баҕарар, Хаһаайыстыбатын кэҥэттиэн баҕарар, Фермерствонан былааннаахтык улахан объемҥа тахсан үлэлиэн баҕарар эдэр дьон бааллара наһаа да үчүгэй.
— Икки сылы быһа Агростартапка кытта сатаабытым, кыаллыбатаҕа. Онтон улууһум дьаһалтата көмөлөстө. Тутуннум! — диэтэ Евгений.
Тыа сирэ биир кэлим сайдыытыгар Бүлүү улууһун салалтата көрүүлэрэ киэҥ, дьоһуннаах. Клубника фермата, көтөр фермата, сибиинньэ фермата үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолла, сүөһү-сылгы хас сыһыы, алаас аайы баар диэххэ наада. Өссө «Агротуризмҥа» балыктааһын ферматын киллэрэн эрэллэр.
Евгений үөрүүтүн фермер уолаттар-кыргыттар тэҥҥэ үллэһиннилэр.
— Эҕэрдэ! Дьэ саҥа хотон диэн абырал, ыра санаа! Мэлдьи сылаас, кураанах, үүттээх доруобай сүөһүлээх буоллун! — диэн суруйда Хаҥаластан эдэр фермер Александр Корякин.