Бүгүн Түгэһиир нэһилиэгин олохтоохторо күнү көрсүү сиэрин-туомун толордулар. Онтон Михаил Кириллин дэриэбинэни эргийэ хаалыктаах хаамар.
Түгэһииргэ «Үпэндьэл» бөлөх эбээлэрэ аал уоту аһатан, күндэлэс күнү айхаллаан, бука бары мустубут дьону тэбэнэттээх һээдьэҕэ ыҥырдылар. Тымныы оройо муҥутуурдуу тыҥаан турар кэмигэр, -50 кыраадыс тымныыны аахсыбакка, тэтимнээх хамсаныы, ойуу-тэбии умсулҕаннаах долгунугар уйдаран, тоҥуу-хатыы да умнулунна.
Саҥа дьыл инниттэн 45 кыраадыстан үөһээ тымныы ыйтан ордук кэм устата туран, саамай хараҥа ыйдар кыралаан халбарыйан, хайалар быыстарыттан маҥнайгы күн сардаҥалара тыкпыттара хоту сир олохтоохторугар үөрүүнү бэлэхтиир.
Оттон 85 саастаах кырдьаҕас Михаил Кириллин, -50 кыраадыс тымныы диэбэккэ, олорор дэриэбинэтин тула хаалыктаах хаамар. Кини тымныыттан чаҕыйбакка, доруобуйатын тупсарынара эдэрдэргэ үтүө холобур буолар, диэн суруйда «Бытантай уоттара» хаһыат.