22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сыл бастыҥ ыалларын ааттара билиннэ

17:02, 10 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл дьиэ кэргэнэ» күрэх түмүктэннэ. Быйыл күрэх пандемиянан сибээстээн тэйиччиттэн ыытылынна.


«Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустара кытыннылар. Барыта 32 улуустан 86 ыал кытынна. Сылын аайы кыттааччы ахсаана, үтүө холобурдаах ыал элбээн иһэрэ биһигини, тэрийээччилэри үөрдэр диэн», — дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, үлэ миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова эттэ.

Күрэх түмүгүнэн сыл «Эдэр ыалынан» Томпо улууһуттан Ирина, Валентин Гороховтар буоллулар.

«Элбэх оҕолоох ыалынан» Ньурбаттан Дина, Сергей Егоровтар;

Тыа сирин бастыҥ ыалынан Горнайтан Саина, Сергей Илюхиннар;

«Дьиэ кэргэн – үгэһи харайааччы» ааты Чурапчыттан Акулина, Иван Ануфриевтар;

«Көс ыалынан» Анаабыр улууһуттан Анна, Анатолий Поповтар буоллулар.

Кыайыылаахтар бары эһиил Арассыыйатааҕы күрэххэ кыттыахтарын сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар