20 Ыам ыйа 20.05
  • 12°
  • $ 90,99
  • 98,78

Суукка иһигэр 21 ойуур баһаарын умуруордулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 21 ойуур баһаарын умуруордулар. Ол эрээри 3 696 га иэннээх сиргэ 14 ойуур баһаара уонна 346 га иэннээх сиргэ биир ландшафтнай баһаар саҥа турбута бэлиэтэннэ.

Бу туһунан СӨ суһал ыстааба иһитиннэрэр.

Барыта 121 ойуур баһаара уонна 2 ландшафтнай баһаар баар. 278 тыһыынча га сиргэ 59 баһаары умуруоруу үлэтэ барар, ол иһигэр 58 ойуур уонна биир ландшафтнай баһаары. Итинтэн 11 баһаар бохсулунна, сотору кэминэн умуруоруохтара.

Баһаарга барыта 1519 киһи, үгүстэрэ идэтийбит парашютистар уонна баһаарынайдар.

Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар