Дойду бырабыыталыстыбата суолга тырааныспары сэрэҕэ суох ыытыы уонна кутталы үөскэтии иһин 5 тыһ. солк. диэри ыстараап киллэрэр туһунан сокуон барылын өйөөтө.
Сокуон барылын көҕүлээһинин ааптара, Госдуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин баһылыга Ярослав Нилов саҥа сокуон барылын көҕүлээһинэ суол быраабылатын тутуһууну күүһүрдэригэр эрэнэр.
«Тырааныспары сэрэҕэ суох ыытыы иһин дьиҥнээх эппиэтинэс көрүллүөхтээх. Сокуон барыла оҥоһулунна! Официальнайдык бу көҕүлээһини дойду бырабыыталыстыбата өйөөтө уонна сотору кэминэн Госдуумаҕа көрүллүөҕэ», — диэтэ Ярослав Нилов.
РИА Новости иһитиннэриитинэн, сокуон барылынан административнай буруйуу оҥоруу Кодексатыгар 3 тыһ. солкуобайтан 5 тыһ. солк. диэри суумалаах административнай ыстараап көрүллэр буолуоҕа. Сокуон барылынан административнай буруйуу оҥоруу Кодексыгар эбии уларыйыылар киириэхтэрэ.