Саха сиригэр суолу-ииһи тутууга уонна саҥардыыга федеральнай бүддьүөттэн 2,7 млрд. солк. тахса ыытыллыаҕа. Бу туһунан дьаһалга РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин Айсен Николаевы кытары көрсүһүү түмүгүнэн атырдьах ыйын 19 күнүгэр илии баттаата, диэн СИА кэпсиир.
Саха сирин аҕа баһылыга кэпсииринэн, быйыл региоҥҥа 254 км суолу, ону таһынан Дьокуускайга 35 км тутуохтара. Маныаха 6,5 млрд солк. кэриҥэ үп наада.
Ону таһынан, 1,4 млрд. солк. Томпо уонна Өймөкөөн оройуоннарын уонна Магадан уобалаһын кытта кыраныыссалыыр «Халыма» суолларын саҥардыыга бэрилиннэ. Өссө Амур уобалаһыгар «Лена» ФАД саҥардыытыгар 1,3 млрд. солк. көрүлүннэ.