15 Ыам ыйа 15.05
  • 12°
  • $ 91,36
  • 98,67

Сунтаарга Добун оһуохай буолла

10:30, 23 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаар улууһун быйылгы ыһыаҕын биир саҥа, ураты тэрээһининэн улуус Добун муҥутуур оһуохайа буолла.


Оһуохай күрэҕэр уопсайа 72 этээччи кытынна. Ол иһигэр 21 оҕо, 51 улахан киһи. Саҥа этээччи быйыл биллэ элбээбитин тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр.

Ыһыах бастакы күнүгэр Добун оһуохайга уопсайа 1269 киһи кытынна. Бу муҥутуур оһуохайы быйыл 75 сааһын туолбут, өрөспүүбүлүкэ, улуус хас да төгүллээх Дархан этээччитэ Роман Данилович Иванов таһаарда.

Маны сэргэ иккис сылын ыытыллар ыччат оһуохайа эмиэ ыһыах бастыҥ тэрээһинэ буолла. Ыччат оһуохайыгар улуус үгүс нэһилиэктэриттэн саҥа этээччи да, элбэх күрэстэргэ ситиһиилээх эдэр этээччилэр түһүлгэ олохтоотулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА