Сунтаар улууһугар Бүтүн Арассыыйатааҕы Тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин тэрийэн ыытарга анал хамыыһыйа тэриллибитэ. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыгын үпкэ, экэниэмикэҕэ уонна стратегическай сайдыыга солбуйааччы М.М. Прокопьев анаммыта.
Тустаах хамыыһыйа уочараттаах сүбэ мунньаҕа ыам ыйын 26 күнүгэр буолан ааста.
Билиҥҥи күннээҕи туругунан биир сүрүн кыһалҕанан сорох нэһилиэктэргэ: Бүлүүчээҥҥэ, Бордоҥҥо, Кутанаҕа, Түбэй Дьаархаҥҥа, Хадаҥҥа, Уһун Күөлгэ биэрэписчиттэр көстө иликтэрэ буолар.
Компьютерга сатаан үлэлиир киһи наада. Сорох нэһилиэктэргэ биэрэписчит бэйэтэ тиэхиньикэлээх буолара ирдэнэр. Холобур, Кутанаҕа биэрэпиһи ыытар киһи соҕотох Кутананан эрэ муҥурдаммат, кини өссө Күүкэй, Тумул ыалларын көрүөхтээх-истиэхтээх. Онон бу критерийдэргэ толору эппиэттиир дьону тустаах нэһилиэктэр дьаһалталара көрдүүллэр.
Онтон улуус киинигэр ким үлэлиэхтээҕэ хайы-үйэ биллэр. Хамыыһыйа быһаарыытынан, бэс ыйын 9 күнүгэр Сунтаарга биэрэписчиттэргэ аналлаах семинар ыытыллыаҕа.