Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһугар аан бастакытын «Күүстээх кэрэлэр, мааны мадьынылар» диэн күөн күрэс буолан ааста. Интэриэһинэй күрэс хайдах ааспытын туһунан, СИА-ҕа тэрээһин ааптара уонна салайааччыта Мария Спиридонова кэпсээтэ.
«Биһиги маннык курдук куонкуруһу пандемия саҕаланыан иннинээҕи сыл Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр ыыппыппыт. Нэһилиэк олохтоохторо бары даҕаны олус сэргээбиттэрэ уонна эһиилгитигэр улуус таһымыгар таһаарыахха диэн буолбута эрээри, пандемиянан сылтаан тохтоппуппут. Уонна бу быйыл Саха сиригэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, куонкуруспутун сөргүттүбүт. Туох баар идеятын, сыалын-соругун, түһүмэхтэрин кэргэммин Василий Спиридоновы кытары иккиэн толкуйдаабыппыт. Күөн-күрэс сыала-соруга дьахтар ис кыаҕын көрдөрүү буолар», диэн Мария Спиридонова бэлиэтээтэ.
«Холобур, орто дьахтар күнү быһа дьиэҕэ төһө элбэх үлэни оҥорорун ааҕан сиппэккин. Кини күннэтэ араас ыйааһыны көтөҕөр, аҥаардас саахары да ылан көрдөххө, барыанньа оҥороругар балачча элбэх киилэнэн үлэлиир. Ол иһин, ити эти-хааны, күүһү-уоҕу тургутар түһүмэххэ, биһиги 10 киилэ ыйааһыннаах саахары көтөхтөрбүппүт. Хайа да кэрэ аҥар, төһө да күүстээх буолбутун иһин, кини айылҕатынан дьахтар, онон бу кэрэтин көрдөрөр туһугар мааны былаачыйанан дефиле түһүмэҕэ эмиэ баара», -диэн тэрийээччи кэпсээнин түмүктээтэ.
Куонкуруска барыта 8 дьахтар Сунтаар улууһун Бордоҥ, Дьаархан, Сунтаар нэһилиэктэриттэн кытыннылар. Киирии билиэттэринэн «Достояние Якутии» Сунтаардааҕы филиалыттан бриллиант оонньонно. Куонкурус түмүгүнэн кыайыыны Сунтаартан сылдьар Марина Жиркова ситистэ.
«Мин куонкурус буолуо нэдиэлэ хаалбытын кэннэ кытарга быһаарыммытым. Бэйэм Сунтаардааҕы 2 №-дээх «Сардаана» уһуйаан сэбиэдиссэйинэн үлэлиибин, үс оҕо ийэтэбин, 3 сиэн эбээтэбин, сотору төрдүс сиэним күн сирин көрөөрү сылдьар. Бу күөн күрэскэ бэйэм кыахпын бэрэбиэркэлиир санааттан кыттарга быһаарыммытым. Биһиги эрдэттэн бэйэни билиһиннэриигэ уонна киэһээҥҥи мааны былаачыйалаах дефиле түһүмэҕэр эрэ бэлэмнэммиппит, атын түһүмэххэ туох күүтэрин ким даҕаны билбэт этэ», — диэн Марина Жиркова үллэстэр.
Күөн-күрэс сүрүн түһүмэҕэр, илии-тарбах кыаҕын «силомер» көмөтүнэн бэрэбиэркэлээтилэр. Манна, 50 сааһын эһиил туолаары сылдьар, Марина Геннадьевна 37 баалы ылан, бастыҥ көрдүү аатын сүктэ. Кини санаатыгар, маныаха швецарскай овчарка боруода ыты иитэрэ көмөлөспүт. «Ыппын кытары күн аайы күүлэйдиибин, дьарыктанабын, ол иһин чэгиэн туруктаахпын. Ону тэҥэ, хас сайын аайы Сунтаар дэриэбинэлэригэр маршрут оҥостон, билэсипиэтинэн айанныыр идэлээхпин», диэн күүстээх буолуу кистэлэҥин арыйда.
Сонун күөн күрэс Сунтаар эрэ олохтоохторун буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ болҕомтотун тарта. Күрэс интэриэһинэй тыҥааһыннаах түгэннэриттэн видеолары Интернет ситимигэр элбэх киһи сэҥээрэ көрдө.