Саха сүүрүүгэ, Кыргызстаантан кыттар, Сардана Трофимова Германияҕа буолбут Франкфуртскай марафоҥҥа алтыһынан кэллэ, көрдөрүүтэ 2 чаас 28 мүнүүтэ 48 сөкүүндэ.
Сардаана сүрүн сыалынан 2015 сыллааҕы марафон көрдөрүүтүн — 2 чаас 24 мүнүүтэ 38 сөкүүндэ — тупсарыахтааҕа. Спортсменка бэйэтэ эппитинэн, старт былаантан атын буолбут, суруйар СИА.
«Бэйэм өттүбүттэн бэлэмнэниигэ тиийбэттэр уонна көтүтүүлэр бааллара. Тренербин кытта ону дьүүллэспиппит, көннөрүнүөм. 19 километрга атахтарым барбаттарын өйдөөбүтүм, ол аата сүүрүү суох күнэ. Хас иккис марафонец итинник санааҕа кэлэр. Норуокка этэллэринии — сулустар сөп түбэһиспэтилэр. Сыалга чугаскын уонна ону кыайан тутуспаккын. Олус кыһыылаах. Түмүктэммэтэх гештальт. Биллэн турар, түмүк куһаҕана суох, ол эрээри мин бэйэбиттэн элбэҕи күүппүтүм. Мин туспар кыһаллыбыт уонна ыалдьыбыт дьоҥҥо барыларыгар улахан махталбын тириэрдэбин», — диэн суруйда соцситимҥэ Сардана Трофимова.