30 Алтынньы 30.10
  • -15°
  • $ 97,33
  • 105,44

СИА: кус маннааҕы буолбатах

19:03, 28 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдаҥҥа паразиттаах көҕөнү өлөрбүттэр үһү диэн суруктаах хаартыска WhatsApp мессенджеринэн тарҕаммыта. Ол кэннэ сонун тута аны Чурапчы улууһугар дуу, Аммаҕа дуу өлөрүллүбүт кус үһү диэн буолбута.


Ол эрээри, бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн, хаартыска төрүт даҕаны аҕыс сыл анараа өттүгэр Москуба уобалаһын Солнечногорскай оройуонугар түһэриллибитэ быһаарылынна.

Испэсэлиистэр бэлиэтииллэринэн, кустар сүрүннээн куорат бөхтөөх, кирдээх көлүйэлэриттэн үөннэнэллэрин, итиэннэ ыалдьыбыт, мөлтөөбүт-ахсаабыт көтөрдөр ыраах кыайан айаннаабаттарын бэлиэтииллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА