Сэтинньи 5 күнүттэн Жатай — Төхтүүр хайысхатынан паромнар ледокол арыллааһыннаах сылдьан саҕалыахтара диэн, СИА-ҕа «Паромы Якутии» ХЭУо салайааччыта Николай Ефимов иһитиннэрдэ.
Бүгүн-сарсын суудуналар бары кыһыҥҥы режимҥэ киирэн, сүрүн өттө сырыыларын тохтотуохтара. Билигин Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри түөрт паром үлэлиир. Биллэн турар, дьон-сэргэ бары паромунан айанныы сатыыр эрээри, бу биһигиттэн тутулуга суох, мантан ыла таһаҕас тиэнэр массыыналары эрэ Жатай — Төхтүүр хайысханан таһыахпыт. Паромҥа батыан баҕалаах киһи наһаа элбэх буолан, бүгүн ГИБДД көмөтүнэн туһанныбыт, биллэн турар дьону эмиэ өйдүөххэ сөп, ол эрээри мантан ыла паромнар сырыыларын тохтотуохтара, — диэн Николай Ефимов чопчулаата.