Саха сирин чэпчэки атлетикаҕа спортсменката Сардана Трофимова Ганноверга ADAC марафоҥҥа 2:27:32 көрдөрүүлээх түмүктээтэ. Олимпийскай нуорманы толороругар 42 сөкүүндэ тиийбэтэ.
Бастакы 35 км Сардана Трофимова олимпийскай нуорма кыраапыгынан сүүрэн иһэн, түмүктүүр сэттэ килэмиэтиргэ тиэмпэтэ түстэ. Финишка диэри икки км хаалбытыгар бэһис иһэн, инники таҕыста.
Спортсменкаҕа бүтүн өрөспүүбүлүкэ «ыарыйда».
Азиатскай оонньуулар боруонса призердара, Кыргызстаан сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Сардана Трофимова бу марафон киниэхэ Парижтааҕы Олимпийскай оонньууларга талыллыыга бүтэһик киирсиитэ буоларын эппитэ.
Олимпийскай нуорманы ыларга көрдөрүү — 2:26:50. «Олимпийскай оонньууларга кини Кыргызстаан күүстээн сүүрүгүн быһыытынан барыан сөп. Быраабылаҕа сурулларынан, норматива суох дойду биир күүстээх спортсмены кытыннарыан сөп», — диэн суруйда телеграм-ханаалыгар «Триумф» спортивнай бэлэм киинэ.
Сардана Трофимова тус рекорда — 2:24:38, маны 2015 сыллаахха Франкфуртка толорбута.